Балаҕан ыйын 22 күнүгэр «Айылгы» сынньалан киинигэр күнүс 3 чаастан «Күһүн бэлэҕэ» диэн ааттаах быыстапка-дьаармарка буолан ааста. Бу күн нэһилиэк олохтоохторо оҕуруокка олордуллубут араас дьикти астары үүнээйилэри аҕалан быыстапкалаатылар атыылаатылар. Дьаармарка кэмигэр араас күрэхтэр ыытылыннылар, ол курдук «Саамай улахан оҕуруот аһа»,»Сонун оҕуруот аһа»,» Хаһаастаах хаһаайка». Күрэхтэр түмүктэринэн кыайлаахтарынан таҕыстылар: «Саамай улахан оҕуруот аһа» — Никандр Матвеев, «Сонун оҕуруот аһа» -Андриан Тарабукин, «Хаһаастаах хаһаайка» -Тамара Тарабукина. Маны таһынан сылын аайы буоларын курдук араас минньигэс барыанньалар, утахтар, заготовкалар, бурдук астар, үрүҥ ас арааһа атыыга өлгөмнүк бардылар.